Иван Арбита (Слепцов Иван Егорович)

(29.12.1913—13.07.1943)

XX үйэ бастакы аҥаарыгар олорон, айан-тутан ааспыт саха бэйиэтэ, тылбаасчыта.

поэт, тылбаасчыт Иван Арбита төрөөбүтэ 110 сылыгар

«Тапталым тыала сардаҥа буолан...»

“Тапталым тыала сардаҥа буолан...». Поэт, тылбаасчыт И.Е. Слепцов – Арбита төрөөбүтэ 110 сылыгар / И. М. Сосин аатынан улуустааҕы киин библиотека [хомуйан оҥордулар Н. Сидорова, А. Петрова]. Майа, 2023 с.

Хомуурунньукка поэт эрдэтээҥи лириката киирдэ.

Күндү ааҕааччы!
“Күн кыһыл көмүстэрин” күлүмнэтэ туойбут поэт Иван Арбита талаана муҥура суоҕунан, түгэҕэ көстүбэт баай, эриэккэс этэр тылын эгэлгэтинэн саха тыллааҕы сөхтөрөр, долгутар. Бу хомуурунньукка поэт эрдэтээҥи – айылҕа кэрэтин уонна тапталы туойбут - лириката киирдэ.

Поэт айылҕаны, кини кэрэ көстүүлэрин - бэс ыйын үрүҥ түүннэрин, сайыҥҥы чуумпу киэһэлэри, халлааҥҥа тыгар чаҕылхай сулустары, этиҥнээх ардах иннинэ ыаһыра лүҥкүрбүт хараҥа халлааны, күн диэки хайыспыт «бэһиэлэй” ньургуһуну, сайылык үрдүнэн сыыйыллыбыт түптэ буруотун, күһүнтэн сырдаабыт чап-чараас сэндэҥэ тыаны - киһи хараҕар ойуулаан көрөрүн курдук дьикти дьэҥкэтик, чаҕылхайдык ойуулуур.

Эдэр киһи хоһоонноругар тапталтан муҥатыйыыны, дьоллонууну, кэм-кэрдии хаамыытын, устар олох түгэннэрин айылҕаны хоһуйуу нөҥүө имигэстик, араас өҥнөөн-дьүһүннээн саха киһитин сүрэҕин ортотунан киирэр гына туойар.
Онтон поэт тапталын лирикатын туһунан кэрэхсэбиллээх кэпсээни арбитовед, филологическай наука кандидата Елена Архипова маннык сэһэргиир:
Иван Арбитаҕа таптал хоһооно хас да баар. Кимиэхэ анаммыттара буолуой диэн таайа саныыгын. Элгээйигэ үлэлии сылдьан биир кыыһы таптаабытын туһунан М. С. Григорьев ахтыытыгар суруллар. "Муҥурданыы" кинигэ 128 сирэйигэр көрүҥ.
Хоһоонноругар Варвара, Биэрэ, Маарыйа диэн ааттар ахтыллаллар. Биэрэ диэн биэрэк тылга ханыылаан туттубут дии саныыбын, Маарыйа - маай, оттон Варвара - Варя Анисимова диэн ити ахтыыга суруллар кыыс. Эдэр поэт күүскэ таптаан иэйиилээх хоһооннору суруйдаҕа. Өссө төһөтө сүппүтэ-оспута биллибэт. Биир сонет хаалбыта эмиэ Варяҕа анаммыт курдук.

Дьон Иван Арбита таптала кимий? Кимиэхэ таптал тылларын анаабытый,- диэн мэлдьи ыйытар. Чуолкай ол туһунан ким да этэр - кэпсиир кыаҕа суох. Сабаҕалааһын эрэ оҥорор кыахтаахпыт. Тыыннааҕар легенда буолбут киһи туһунан элбэх кэпсээн баарыттан, тапталга сыһыаннааҕа маннык. Миэхэ Сэмэн Тиитэбис Уруукап кэпсээбитэ: Элгээйигэ таптаабыт кыыһын Сунтаарга үлэлии киирэн баран көрсүбүт дьонуттан наар сураһар эбит. 1937 сыллаахха атырдьах ыйыгар (кини оччолорго Сунтаарга олорор) Элгээйиттэн биир билэр киһитэ киирбит, киниэхэ таарыйбыт, онно эмиэ Варятын туһунан ыйыппыт, тугу гынар, ханна баарый, эргэ барда дуо,- диэн. Ол киһи: «Борокуотунан Дьокуускайдаары Элгээйиттэн киирдэ, борокуот сотору бараары турар», - диэбит үһү. Онуоха бэрт тиэтэлинэн хомунан борокуокка сүүрбүт. Иван ол кыыһын батыһан оннук Дьокуускайдыы турбута үһү. Ону дьон омуннаан, оскуола иккис этээһиттэн түннүгүнэн ыстанан тахсаат сүүрбүтэ дииллэр эбит. Олус омуннааһын, сайын буолан баҕар ыксалга түннүгүн аһаҕас хаалларбытын кэпсээн оҥостубуттара буолуо.

Ити курдук Иван Арбита таайыллыбатах тапталын, төрөөбүт айылҕатынтуһунан хомоҕой хоһооннорун сэргээҥ, ааҕыҥ.

Хомуурунньугу Зямбеда Яковлевна Аянитова хараҕы сымнатар кэрэ хаартыскалара, QR код нөҥүө СӨ үтүөлээх артыыстара Байбал Сэмэнэп, Василий Еремеев, ырыаһыт Петр Кулаковскай дууһаны долгутар ырыалара, Д. Ф. Ходулов аатынан Норуот айымньытын дьиэтин маассабай тэрээһиннэрин режиссера, СӨ култууратын туйгуна Галина Васильевна Эверстова салайар «Добун дорҕоон» уус-уран ааҕыы түмсүүтүттэн араас эйгэҕэ үлэлиир эр дьон – Майа сэлиэнньэтин аҕа баһылыга Алексей Неустроев, Р.Г. Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл салайааччыта Михаил Масаха, Ф. Г. Охлопков аатынан оскуола дириэктэрин информатизацияҕа солбуйааччы Олег Петров, улууска нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта Федор Белолюбскай, улуус культуратын тэрилтэлэрин тутаах үлэһиттэрэ Александр Кулешов, Спиридон Григорьев, Михаил Попов, Стас Иванов, Николай Васильев (звукооператор Александр Теряков) – ааҕыыларыгар иһирэх хоһоонноро киэргэттилэр.

Надежда Сидорова


Василий Еремеев

Сайыҥҥы түүн

Күндү күммүт күлүмэ
Күлүк сиргэ күрэннэ,
Тумус тыабыт күлүгэ
Толоон уҥуор оҕунна.
Сырдык, чуумпу сайыҥҥы
Түүҥҥү кэммит эргийдэ,
Kүөҕү кэппит сайылык
Дөксө күүскэ киэркэйдэ.
Ypүҥ туман халыйан
Үрэх үрдүн бүрүйдэ,
Уҥуор туpap харыйа
Онно бүгэн кирийдэ.
Көҥүл-босхо долгуйар
Эдэр сэтир хатыҥнар,
Ypүҥ солко чулкунан
Күндү күөхтэн тирэнэн
Кэккэлэһэн турдулар.
Унаар-тунаар -оһуорлаах
Улуу хочом дуолугар,
Онтон-мантан, унуортан
Дорҕоон тыаһа дуорайар...
Тыына суохтуун,тыыннаахтыын,
Мичээр күнтэн астынан,
Оттуун-мастыын,чыычаахтыын
Утуйарга бардылар.

1935


Скачать

***

Аппын түргэнник хаамтаран
Баартым сыырдаах алаастан,
Тиэргэҥҥэ сытан хаалтара
Санаарҕаабыт ынахтар.

Ол баран дьэллик сүрэҕим
Аймалҕанын таайабын,
Киэҥ аартыгы, киэҥ үрэҕи,
Киэҥ тайҕаны туойабын.

1934

Алексей Неустроев


Скачать

***

Күммүт үөһэ
Күлүм ойдо,
Күлэн-үөрэн
Көрөн турда.
Көрөн турда.
Тыаны, ууну,
Саҥа дойду
Сааскы ньуурун.
Күндү күнүм
Уотун ылан
Харах гынан
Көрөн туран,
Тойук туойар
Toҕo бэрдэй!
Санаа туолан
Сүрэх үөрдэ.

1937

Александр Кулешов


Скачать


Байбал Сэмэнэп

Гитаара

Ханна нарын гитаара
Намылыйар тыастара
Наҕылыйан, бытааран
Дьаралыйан таҕыста?
Ити - таптал оҕото
Намтыыр-үрдүүр санаатын
Дорҕоонунан уматар,
Тойугунан саататар.
Сүрэхтэри таарыйбыт
Сүрдээх итии дорҕооннор,
Тарбахтарын аайыттан
Таммалыыллар, тохтоллор,
Ити курдук миньньигэс
Элэ-была тыллары
Мэльдьи кэпсиир, биллэрэр
Табыллыбат, кыаллыбат.
Санаа тыыннаах салаатын
Араҥалыыр кытаанах,
Ол кыыс кистиир санаатын,
Кэпсиир арай гитаара.
Дохсун долгун куугунуур
Кэрэ кэмин толкуйдаан,
Үрдүк үөрүү сүүрүгүн
Гитаараннан солбуйда.
Сааскы күнүм ойуута
Тыалга тэлим охсуллар
Отум-маһым ойуута
Гитаараҕа кутуллар.
Саҥа таптал табыллар
Саргылардаах сааһыгар,
Санаа, сүрэх аһыллар
Сатамньылаах чааһыгар-
Субу нарын гитаара
Намылыйар тыастара,
Наҕылыйан, бытааран
Дьаралыйан таҕыста.

1936, Элгээйи



Скачать песню
Табаҕа

Унаар-тунаар оһуорбут,
Оонньуур-күлэр ойуурбут
Тыыннаах дьикти күөҕүнэн
Тырым-тырым күөгэйэн!..

Кыыдаан кыһын эстиитэ,
Кэрэ сааспыт көстүүтэ
«Эбэм» күлэр күөҕүнэн,
Көрбүт ахан көрүөҕүнэн.

Эмдэй-сэмдэй иирэтин
Истээниктиир өттүттэн,
Оһуор ойуу хонуутун
Орой төбө үрдүттэн,

Күөрэгэйим күүгүнээн,
Көтөн-дайан көрүлээн
Ити-ити тураахтыыр,
Ииригирэ туойаахтыыр.

Сырдык күҥҥэ наскыйбыт
Сыттаах оттоох хонуулаах,
Көҕөрөөхтүү дьалкыйбыт
Күндү сырдык уулаах

Табаҕалыыр алааһым
Холхуостарыҥ хойуннун!
Таптыыр эдэр атаһым
Күлбүтүнэн тоһуйдун!

1931

Өйдөөтүм

Өйдөөтүм- сайыҥҥы киэһэҕэ
Санаабыт аһыллар үөрүүтүн,
Ардыгар кэпсэтии тиһэҕэр
Тайсымна тapҕahap өлүүтүн.

Өйдөөтүм киэһээҥҥи халлааммар
Быһыттар былытым кыыспытын,
Сүүрүктээх үрүччэ хамсаамна
Халыйан сыньньана сыппытын.

Өйдөөтүм биһиги биир киэһэ
Биэрэги кэрийэ бааппытын,
Миньньигэс чуумпуну бэккиһээн
Сир дьолун уруйдуур чааспытын.

Өйдөөтүм этиҥнээх самыырга
Эн дьиэҕэр хойутаан хаалбыппын.
Эн тылгын, эн хаста хамныыргын
Өйдөөтүм бу хоспор баар курдук.

Өйдөөтүм санаабын билимнэ
Биир кэмҥэ саарбахтаан ылбыккын,
Өйдөөтүм ол киэһэ кэлэҥҥин
Эппиккин төннөрөн барбыккын.

11.11.1936, Сунтаар

Сурук

Таас үрэх биэрэгэр
Дьаарбайа сылдьаммыт,
Биһиги биир киэһэ
Билсиһиэх буолбуппут.

Билигин ол кыыһым
Биир мэник быһыыта,
Саньньыйан көрбөтөх
Санаабын самнарда.

Кичэйбит, кистээбит
Кэрэ да тылларбын,
Кэмпиэрдээн, сургуустаан
Киниэхэ ыыппытым.

Күннүктээн олорон
Көннөрбүт, оҥорбут,
Алыстык эрэнэн
Атаарбыт сурукпун-

Уулусса буоруттан
Оҕолор булбуттар,
Кистэлэҥ киэргэлин
Киртитэн кээспиттэр.

Баар эрэ тылларым
Тыал устун барарын,
Сыаналаан көрбөккө
Сыыспыппын, бадаҕа.

1936


Михаил Попов

***

Сандаар күммүт сардаҥата
Cahaн хаалан хараҥарда,
Күүтэ сатаан кэбиспитим –
Көссөр чааһым сатаммата.
Кэбис-кэбис,кэмсиммэппин –
Кэм-дьыл манан барамматах!
Хоһум аанын сэгэттэргин,
Холбоон этиэм сэгэттэйбэр –
Ситии курдук синьньигэстик,
Силии курдук миньньигэстик.

1936



Скачать


Сааскы күҥҥэ

Сааскы сандал маҕан күҥҥэ
Халлаан өҥө күлүмнээтэ,
Өрө күүрэр сөрүүн сүүрүк
Үрэх устун көрүлээтэ.

Дойдум-сирим торҕо ньуура
Тоҕо бэрдэй дэтиэх курдук,
Долгун солко сибэккинэн
Томтойбутун көрөн турдум.

Маннык кэрэ сирим үрдэ,
Маннык ыраас халлаан анна,
Маннык күндү сааскы күнүм
Күлүмүрдүү турдаҕына,

Үллэр күүстээх сайдам сүүрүк
Өрүкүйэр көҕүллэрин
Көтөр-мөҕөр долгунугар
Көтөхтөрөн барбыт киһи!

Кыыһар имнээх сааскы киэһэ
Кыырай халлаан кытыытыгар
Кырыыбалыы быардаан түспүт
Кырыбыайка былытыгар

Өрө көтөн дайан тахсан
Улуу дойду күндү күөҕүн
Эргим-ургум көрө-көрө
Этэ-тыына турбут киһи!
1934

Эмиэ күһүҥҥү түүн

Күһүҥҥү түүн барааран
Кэлии-барыы тимирбит,
Күлүгүрэн, харааран
Кэрии тыабыт иһийбит.

Ый быыһа хараҥаҕа
Тыһыынча тыргыл сулус
Ыраас дьэҥкэ хараҕынан
Тырымныыра дьэ олус!

Хамсаабат уу чуумпуга
Соҕотоҕун иһэбин,
Харбыт уулаах тыымпыга
Кынат тыаһын истэбин.

Уҥа-хаҥас өттүбэр
Аҥыр кыылым аҥааттар,
Харахтарбар көстүбэт
Кини ханна да баатта...

Иһин-үөһүн барытын
Биирдэ тоҕо кулгуйар,
«Хааҕыр-хооҕур» хаһыыта
Хайтах эрэ бу турар.

Дьиэбэр чугаһаабытым –
Үөлэс кыыма тырымнас,
Халлааны салаабыта
Кыһыл кутаа тылынан.
1935.

***

Ол дойду күндү мөссүөнүн
Умнубаппын даҕаны!
Толоон үрэх торҕо күөҕүн,
Халыҥ сиһи, тайҕаны.

Онно - күөл уутугар үҥкүүлүүр
Күһүҥҥү наҕыл самыыры,
Күөх туман бүрүйэр түүнүн
Толкуйдуубун, саныыбын.

Сүрэҕэлдьээбит тымныы таммахтар
Түннүк тааһын сууйаллара...
Оччоҕо мин отоннуу барбакка
Стиихтэрбин суруйарым.

Өйдүүбүн - дэриэбинэ чуумпутун,
Кини боростуой быһыытын-майгытын
Саныыбын санаабын туппуту,
Барытын, барытын, барытын..

***

Күндү чыычаах күөрэгэй
Күөхтэн үөһэ күөрэйэр,
Киэргэл сэргэх ырыанан
Кэрэ бэттик дьиэрэйэр.
Куйаар маҕан халлааҥҥа
Туран эрэн чоргуйар,
Тылбыы көмүс кыната
Тырыбыныы долгуйар.
Тыынар тыыннаах сүрэҕэ
Дьолу көссөр күнүгэр,
Күргүөм дохсун үлэҕэ
Күүстээх илии күөрэйэр.
Ыстаал иҥиир массыына
Бааһынаҕа дарбыйда,
Тимир булуук ахсыма
Хара буору бурҕайда.
Күөҕү таҥнан киэргэммит
Көстөр килбиэн чэлгийдэ,
Үгүс норуот үөрдүһэн
Үлэ диэки эргийдэ.
30.05.1931

Биэрэк

Кирбии таастаах биэрэк
Кэлэн аалсар быыһа.
Кэлиий манна, Биэрэ,
Кэлий, Сунтаар кыыһа.

Көрүй, сэгээр, көрүүй —
Күммүт киирэн хаалла,
Көрүүй - ыраас Бүлүүм
Үөһэр ааллар бааллар.

Мантан өрүс yҥyop
Үрдүк быраан көстөр.
Көрүүй, бэрдин доҕоор,
Күндү дойду көхсө!

Манна мүөттээх салгын
Сөрүүн тыына түһэр,
Бэл бу дохсун долгун
Налыс гына түһэр.

Манна нahaa дьикти!
Ымыы дьолу туойар,
Биһи курдук икки
Тохтуур сирэ буолар.

Манна кэлэн хаста
Сытан-туран аастым,
Хаста сайба мастар
Мутуктарын аахтым.

Кэлиий манна, Биэрэ,
Кэлий, сэгээр, кэлий,
Кирбии таастаах биэрэк
Кэрэ ньуурун кэрий!

1936 

***

Кынтаҕар кыыспын
Kөpcө түһээри,
Силигир тыаттан
Сүрэҕим үөрдэ.

Тапталым тыала,
Сардаҥа буолан,
Илиҥҥи быраантан
Дьэргэйэн киирдэ.

Үҥкүүлүүр өйбөр
Айылҕа күллэ,
Халлааным кустуга
Төгүрүйэн түстэ.

Тыынар тыыннааҕы
Барытын таптыыр
Сайдам санааны
Бэлэхтээн биэрдиҥ.

Маннык улахан
Бараммат күүһү,
Кыракый сүрэҕим
Хайтах иҥэрдэ?

Доҕорум-сэгэрим,
Эйигин кытта
Олоҕум кэрэтин
Сүрэхпэр куттум.

Kөҕөрөp тыабар
Көмүспүн көссө,
Көҥүллүк тыынан
Көрүлүү көттүм.

1941, ыам ыйа 


Егор Неустроев-Тулуйхан музыката

Петр Кулаковскай

***

Эн ханна бааргыный,
Тапталым сулуһа,
Мин күнүм чаҕыла,
Мин түүнүм күнүһэ?
Тохтор тыл сүүрүктээх
Тойугум дуораанын
Быһааран, түмүктээн
Истэриҥ буолаарай?
Мичээр күн уоттанар
Бэһиэлэй кэмигэр,
Саныыбын, ахтабын
Соҕотох эйигин.
Төрөөбүт куораккар
Бааргын дуу, суоххун дуу,
Кэпсээ — эн олоххор
Туох дьикти көр турда?
Биитэр эн миигиттэн
Биэс төгүл ордугу,
Бу дьоллоох сиргиттэн
Булбутуҥ буолуо дуу?
Эйигин суохтааммын
Элбэх дьон иһигэр
Cоҕотох мас курдук
Сукуллан турабын.
Эн ханна бааргыный,
Тапталым сулуһа,
Мин күнүм чаҕыла,
Мин түүнүм күнүһэ?


Скачать песню


Байбал Сэмэнэп

***

Таптыыбын оһуордаах ыйдаҥа
Тыла суох имэҥнээх ырыатын,
Сулустан сулуска кыйданар
Сүрэҕим дьиктилээх ыратын.
Таптыыбын тумарык туманы
Тылбынан курдаттыы сүүрэрбин,
Чынайар чыпчаалга тураммын
Чэпчэки кынаппын тиирэрбин.
Оһуордаах ыйдаҥа сырдыгар
Сир-халлаан сибээһин көрөбүн,
Сирдээҕи тапталбыт кырдьыга
Күндэлэс күлүктэн көбөрүн.
Оччоҕо туран дьэ билэбин
Кэрэни кэрэхсии кэлбиппин,
Олоҕу, дьоннору, бэйэбин
Олустук мин таптыыр эбиппин.
Оһуордаах ыйдаҥа сырдыгар
Соһуччу көстүбүт кистэлэҥ
Дарбааннаах сырыыны сылдьыыга
Чахчылаах эрэлгэ суол тэлэр.
Таптыыбын оһуордаах ыйдаҥа
Тыла суох имэҥнээх ырыатын,
Сырдыгы кытары хараҥа
Силбэһэр көстүбэт кынатын


Скачать песню


Сассыардааҥҥы күнүм сандааран
Түннүкпэр киирэн эрэрэ.
Санаабытым эйигин, Варвара,
Санаабытым эйигин.

Түүннээҕи түлүк уум көппөккө
Tүhүүp кэриэтэ сыппытым,
Тахсар күн чаҕылын көрбөккө
Сыламныыр харахпын саппытым.

Арай саныырым - соҕотоҕу,
Биир дьикти баара мэйиибэр -
Өйдөөбүтүм эйигин оччоҕо,
Өйдөөбүтүм эйиигин.

Хатаммыт халҕаммын аһаҥҥын,
Мин түүлбэр илэ кэриэтэ,
Киэргэнэн-симэнэн бараҥҥын
Киирэн кэлбитиҥ кэрэтиэн!

Ньалҕааххай хара баттахтарыҥ
Саньньылыйан түспүттэрэ түөспэр,
Ол бириэмэҕэ мин хадаар тылым
Аҕыйаан, көссүөрэ түспүтүм.

Билбэппин тимир тулуурдарбын
Туох түһэн хомуйбутун,
Этэр тылы булбаппыттан
Сүрдээхтик хомойбутум.

Ити курдук маҥнайгы
Албын билсиһиигэ,
Куруубай быhыым - майгым
Сүтэн хаалтын бэккиһиибин.

Миэхэ cyoҕy баар гынар
Дьикти санаа баар эбит:
Санаабытым эйигин, Варвара,
Санаабытым эйигин.

Кыракый чыычаахтыы тыкааран
Эмискэччи суох буолан хаалбытыҥ -
Өйдөөбүтүм эйигин, Варвара,
Өйдөөбүтүм, санаабытым.

Уһуктан ороммуттан турбутум,
Күнүм ойон күнүс буолбут.
Харандаас ылан суруйбутум
Хара тастаах блок-ноппар.

Тоҕо эрэ, тоҕо эрэ хомолтоттон
Тойук бэрдин булбутум,
Мэник тыллары холбооттуохпун
Баҕарталаан барбытым.

Ол күнтэн ыла бу күҥҥэ
Өйдүүр санаа баар, баара...
Оҕо сааспар, кэрэ кэммэр
Умнуом cyoҕa, Варвара!

1937
Оччоҕо саас. Сааскы күн,
Олус кэрэ күн этэ,
Санаа самнар күлүгүн
Эн эмиэ көрбөт этиҥ.

Оччоҕо саҥа таптал
Сайдан тахсар баар этэ...
Эн ону санаан-ахтан
Мөхсөр сүрэҕиҥ тэптэ...

Бүгүн сүрдээх тымныы түүн
Халлааны былыт саппыт...
Оҕо сааһыҥ үөрүүтэ
Таптыыр кыыһыҥ- арахпыт.

Сааскы кыыһар киэһэҕэ
Эн ол кыыһы күүтэриҥ,
Бүтэй Бүлүү биэрэгэр
Күҥҥүн-дьылгын ыытарыҥ.

Дьоллоох томтор иэнигэр
Кини тиийэн кэлэрэ –
Саныыр caнааҥ эйиэнэ
Күлүм гына түһэрэ.

Умнуллубат минутаҥ
Ол курдук кэлэн ааспыт,
Oҕo caahыҥ үөрүүтэ
Таптыыр кыыһыҥ арахпыт...

Таастаах үрэх сүньньүттэн
Күүгэн аллан оргуйбут,
Сааскы дохсун сүүрүктэр
Омуннара уоскуйбут.

Халаан уулар баалларын
Тымныы түүннэр сиэбиттэр,
Ити курдук тапталлар
Эмиэ сойор эбиттэр.

Үрдүк үөрүү дьолунан
Кынаттаммыт сүрэххин,
Санаа аалар сорунан
Эрэйдээмэ, сэгэттэй.

Көссөр күндү минуутаҥ
Онон эрэ бүппэтэх –
Эдэр сааһын үөрүүтэ
Инники суолгар элбэх.

1937, атырдьах ыйа. Лена өрүс
Күөгэйэр күммүнүү
Кылбайа кыыһар,
Күлэн күлүмнүүр
Көр үйэм кыыһа,

Хотугу дойдум
Кэрэ киэргэлэ,
Хоһооммун-тойукпун
Кэһимэ, киэр диэмэ.

Эйиигин, миигин
Киэҥ айан суола
Араарар кэмигэр
Хайтах буолабыт?

Кырдьык мин
Хара түүн харахтаах
Taйҕа уолабын,
Мин дьиэттэн арахпыт
Дьэллик тыал буолабын.

Эн үүнэр күөх сааскар
Дьолуҥ чыпчаал үрдүн,
Хас күҥҥэ, хас чааска
Мин көрөн үөрдүм.

Көрдүм дьолбун көҕөрдөр
Күнүм күндү мичигин,
Кэлэр кэскилим төрдүн –
Эйигин, сэгээр, эйигин.

Тэлэһийэр кэмнэрбэр
Тэһийбэккэ сытабын,
Дьиэбэр киирэн кэлэргин
Кэтии-маныы сатыыбын.

Арыт эмиэ саныыбын –
Баҕар, кэмниэ кэнэҕэс,
Кэккэлэһэр-ханыылаһар
Кэммит тиллэн кэлиэҕэ.

1936
Эмиэ мин дьиэтэ суох истииҕим
Эн дьиэҥ аанын сэгэттэ.
Сүрэххэр туту кистиигин?
Барытын кэпсээ, сэгэттэй.

Уон ый хонуга ааспытын
Уон сыл курдук санаатым.
Билигин дьоллоох чааспытын
Мичээрдии көссүөххэ наада.

Бу уон сыл курдук уон ыйга
Уон арааһы көрүстүм,
Улдьаарар тыыннаах уyc тылбар
Санаам баҕатын көлүйдүм.

Ол иһин үөҕэллэр дьон миигин:
«Чудак! Иирбит хоһооньньут,
Олоҕу суруйуон билимнэ
Отунан-маһынан оонньуур».

Эн суоххар ханнык да олох
Миэхэ олох буолбатах –
Сатаан олорбоппун олох
Төрөөбүт тыабар, куораппар.

Күөгэйэр күндү күннэргэ
Сүрэхтэн тохтор тойугу,
Тырымныыр тылга киллэртээн
Суруйар айыы дуу, тугуй?!

Умайар таптал омуна
Оҕо саастан арахсыбат;
Санаа баҕата суоҕуна
Сатаан ырыа тахсыбат.

Сүрдүк ымсыыран, баҕаран
Сүрэххин аһаары гынабын,
Бу күнүм көҕүлэ баарына
Көмүстээх тылбынан тыынабын.

Арай эн кэлэҥҥин аттыбар
Уруккуҥ курдук тур эрэ –
Күлүмнүөх этилэр мин тылбар
Күн кыһыл көмүстэрэ.

Ол иһин мин дьиэтэ суох истииҕим
Эн дьиэҥ аанын сэгэттэ.
Сүрэххэр дьэ тугу кистиигин –
Барытын кэпсээ, сэгэттэй.
Дьулуо маҕан халлааммыт
Дьурааланар кустуга,
Чараҥ тыаҕа хайҕаммыт
Чаллах мастыын куустуһар.

Халлаан эҥил баһыгар
Хара былыт кэтириир,
Ыраах этиҥ тыаһыгар
Чуумпу салгын титириир.

Талах тыллаах чыычааҕа
Табыталын хомунар,
Хойуу будьур лабааҕа
Cahap сааскы Күөх Унаар.

Ойуу дьарҕа кустугум
Оргууй аҕан умуллан,
Дьураа солко куоссунун
Туран эрэн хомунар.

Чуумпу ууну долгуппат
Сөрүүн салгын сабардыыр,
Эмиэ ньачаас чуумпурда
Халлаан Сири саанардыы.

Онтон курбуу чаҕылҕан
Кустук охтуу дуксуйда,
Саһан сыппыт айылҕам
Өндөс гынна - соһуйда.

Уордаах этиҥ эмискэ
Хабырыттан тыаһаата
Хампарыта тэбистэ
Халлаан кэтит таһаатын.

Этиҥ тыаһын кытары
Түргэн тыаллар түстүлэр
Хойуу самыыр кутарын
Дьоннор көрөн үөрдүлэр


Михаил Масаха

Күөрэгэй

Күндээрэр
Киэҥ килбиэн
Күндү чуор тыллааҕа,
Kөҕөрөр сааскы кэм
Күөрэгэй чыычааҕа.
Көмүстээх сибэкки
Күөгэйэ турарын,
Көрүдьүөс кэрэтин
Көччүтэ туойаҕын.
Айылҕам көҕөрбүт
Алыс бэрт кэмигэр,
Күннэрим көччүйбүт
Күөх илгэм үрдүгэр,
Салгыҥҥа уйдаран
Саргылаах ырыаҕын
Сайылык устунан
Саҕалаан ыытаҕын.

1929


Скачать


Спиридон Григорьев

Kүһүҥҥү сассыарда

Чараас кыраһа бырастыынатын
Көньньүөрбүт күн саралыы татта.
Дьиэбин кытта бырастыыластым-
Ыҥырда халыҥ тыа чувствата.
Күн ирбэньньигэ тыаны тыытан
Хокур талах үрдүү сатаата.
Кыһыҥҥы көтөр кыланыыта
Сааскы мохсоҕолу санаатым.
Айылҕа күөл тэриэлкэтигэр
Муус үрүмэтин ньалҕарытта,
Быыра былыт кэрискэтигэр Спиридон Григорьев
Тыал өйдөөҕүмсүйэ сырытта.
Чуумпурда дьоһун айылҕабыт.
Аргыый сэмэлии турда кини
Имэҥнээх сааскы чаҕылҕаны
Уонна мохсоҕол биһиккини


Скачать


Федор Белолюбскай

***

Кыыһар туҥат сааскы кэммит
Кэллэ манна- күндү, күндү!
Ыраас халлаан имэ кэйбит,
Ыраах, ыраах, үрдүк, үрдүк.

Кылбаа маҕан күлэр күнүс!
Хайа, дабаан, аппа, көҥүс,
Хонуу, толоон, үрэх, өрүс –
Үрүҥ көмүс, кыһыл көмүс!

Олус нарын, олус кэрэ!
Ойуу-бичик, эргэл-дьэргэл.
Көрбүт-нарбыт күннээн эрэр
Күөҕү кэппит сааскы сиргэ!

1937


Скачать


Байбал Сэмэнэп

***

Бүгүн миэнэ бастыҥ баҕам:
Кэрэ кэми туһанарга,
Тугу барытын быраҕан
Бу түүн ырыа суруйарга.

Сааскы түргэн сүүрүк курдук
Долгуннардаах ырыалары
Хантан булбут ордук уустук,
Ордук үчүгэй буоларый?

Ордук эбээт субу маннык,
Ону-маны саныы-саныы,
Чэпчэкитик, ыараханнык
Ырыа тылларын сааһылыыр.

Ордук эбээт, кэлин кэлэн
Күлүктэнэр. төлөннөнөр,
Кэмчиэрбит бытаан кэпсэли
Истииҕинэн тилиннэрэр.


1937


Скачать


Олег Петров

Киэһээ

Аламай күммүт кубулунна,
Арҕаа диэкки суулунна,
Уоттаах куйаас умулунна,
Унаар халлаан кыыдыйда,
Уһун күнү кытта
Үлэ-хамнас бүттэ.
Онно-манна, хонууга
Оҕус, ынах утуйда,
Дорҕоон тыаһын сэҥээрэн
Сайылык ыта улуйда.
Онтон-мантан оччуттар,
Ойор эдэр хоссуттар
Хотуур тутан кэллилэр.
Күлэр көмүс сардаҥа
Күлүк сиргэ хаптайда,
Бүтэй түүнүм лүҥкүрэн
Бүөлүүр кэмэ эргийдэ.
Бурҕаат куоппас хаптайда,
Сылаас буорум тымныйда,
Күөхтүүр оттоох хонууга.
Күдэн туман налыйда,
Көҥүс-элгээн ууга
Итии салгын халыйда,
Оппут-маспыт сиигэ
Олус буола түстэ,
Халлаан үрдүн сабардаан
Хара күлүк бүөлээтэ.
Түүҥҥү кэми тоһуйарга
Бэлэм буолла айылҕа,
Сассыардааны хоһуйарга
Уһуктуоҕа чырып чыычаах.
1931


Скачать


Станислав Иванов

***

Күлбүт сырдык
Күммүт кырдьык
Көрбүт.
Ырып-чырып
Ымыы дьырып
Ыллыы-ыллыы
Тырымныы
Көппүт.
Күлүм оһуор
Күндү лоһуор
Эдэр чэчир
Эбир-сэтир
Үүммүт,
Үппүт.
Ийэ сирим
Ирим-дьирим,
Хоту, арҕаа
Ойуу-дьарҕаа
Буола
Түспүт.
Сүрэх кыыма
Сүүрэр тыына –
Таастаах дьаптал,
Таптал.
1932
Сассыардааны хоһуйарга
Уһуктуоҕа чырып чыычаах.
1931


Скачать


Николай Васильев

Чолбон

Киэн сир арҕаа саҕаҕар,
Киэһээ кэммэр бэрт эрдэ,
Далай халлаан xapаҕa -
Чолбон сулус дьэргэйдэ.

Тыыннаах ыраас өҥүнэн
Тырым ойо тылбаарда,
Көстөр тыргыл күлүмэ
Күндү таастыы кылбайда.

Көрүҥ, ити киэҥ халлаан
Кырасаабысса кыыһа,
Күнүм сирин абылаан
Күлүм-дьирим кыыһарын.

Улуу куйаар буостатын
Сургуустаммыт суруга,
Киэһэ сиргэ бастатар
Кэрэ сырдык сулуһа.

Уоттаах Чолбон барахсан
Ооньньоо хайтах баҕapap –
Кырдьык, сибээс бырахсар
Кэммит кэлиэ ээ, баҕаp.

12.7.1935


Скачать


Байбал Сэмэнэп

***

Оол, ыраах, туналыйар дуоллар
Өлбөөркөй дьураалара көстөр,
Мин көтөр кынаттааҕым буоллар
Барыам этэ Кинини көссө.

Барыам этэ төрөөбүт тыабар
Быраһаайбын хаһыытаабакка,
Баҕалаах баламат хардыыбар
Арахсар сорбун ытаабакка.

Барыам этэ мин ыраах-ыраах,
Тыынар таптал ыраас тыатыгар,
Тыкаары кыната халлааннаах
Венера саарыстыбатыгар.

Онно бааллар төлөннөөх түүннэр
Күлүмүрдүүр көмүстэрэ,
Буурҕалаах санааны үүннэрэр
Кистэлэҥнэр күлүүстэрэ


Скачать

Зямбеда Яковлевна Аянитова хараҕы сымнатар кэрэ хаартыскалара

Cookie-файлы
Настройка cookie-файлов
Детальная информация о целях обработки данных и поставщиках, которые мы используем на наших сайтах
Аналитические Cookie-файлы Отключить все
Технические Cookie-файлы
Другие Cookie-файлы
Мы используем файлы Cookie для улучшения работы, персонализации и повышения удобства пользования нашим сайтом. Продолжая посещать сайт, вы соглашаетесь на использование нами файлов Cookie. Подробнее о нашей политике в отношении Cookie.
Настроить Принять все
Cookies