Бу күҥҥэ диэри

бэчээттэнэн таҕыста.  Сыл аайы ити көрдөрүү улаатар, ахсаана элбии турар

150
олоҥхо


               Саха норуотун талаанын уус-уран айымньытын кылаан чыпчаалынан ОЛОҤХО буолар. Олоҥхо суолтата аҥардас тыл уус-уран айымньыта буоларынан эрэ бүппэт. Кини саха норуотун олорон ааспыт олоҕун-дьаһаҕын, өйүн-санаатын, итэҕэлин, сиэрин-туомун, төрөөбүт айылҕатын үөрэтэргэ суолтата эмиэ улахан. Олоҥхону, кини баай матырыйаалын бары туһаналлар. Оттон тыл искусствотын быһыытынан тэҥнээҕэ суох үрдүкү турар. Литература, поэзия, музыкальнай фольклор өттүнэн олоҥхо олус баай, саха норуотун энциклопедията, саха фольклорун бары жанрдарын холбонуута буолар. 

               Олоҥхо өлбөт-сүппэт тыыннаах идиэйэтинэн, онуоха сөптөөх тылынан-өһүнэн өлбөт үйэлээх саха норуотун  бу чулуу айымньыта аан дойду норуоттарын улуу эпостарын кэккэтигэр киирэр.

400

олоҥхоһут

Тыл уонна култуура институтун чахчыларынан, Аҕа дойду сэриитин иннинэ олоҥхоһут баар эбит.

396 олоҥхо

Тылы уонна литэрэтиирэни чинчийэр билим института 1941 уонна 1946 сылларга тэрийбит эспэдииссийэтэ олоҥхону хомуйан үйэтиппит.

300 тахса

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олоҥхону толорооччу баара биллэр

            Олоҥхо персонажтарын ырыалара дьиҥ олоххо туттуллар сиэр-туом ис хоһооннорун арыйаллар. Олоҥхоҕо да , олоххо да орто дойду дьоно үрдүк айыылары, иччилэри уонна абыыһылары кытта ырыа нөҥүө алтыһаллар. Ырыа алыптаах тыла үс дойдуну үөһээттэн аллараа биир ситим холбуур.

            Олоҥхоҕо Айыы бухатыыра - бу хас биирдии саха эр киһитин инники дьылҕатын киэбэ-киэлитэ, сирдээҕи олоххо киһи буолар кэскилэ кэрэһилэнэр. Кини биис ууһун баһылыга буолан, омугун дьоллоох олоҕун түстүүр, ахсаанын элбэтэр, ол эбэтэр омугар түс-бас киһи, баһылык буолан иитиллэн тахсыахтааҕын туһунан кэпсэнэр. Айыы бухатыыра дьүһүннээх үтүөтэ буоларын ааһан, майгылаах бастыҥа, дууһалаах туйгуна, эппит тылын толорор туһугар өлөрүн да кэрэйбэт, атаҕастаммыты-баттаммыты араҥаччылааччы, кырдьыктаах дьыала иһин охсуһааччы. Ол иһин хайа баҕарар олоҥхоҕо айыы бухатыыра, үгэс быһыытынан, өстөөхтөрүн өһөгөйдөөн, кыайарынан-хоторунан түмүктэнэр. Бу өттүнэн ылан көрдөххө, олоҥхо үүнэр көлүөнэни иитиигэ кырата суох өҥөлөөх.

VIII-IX

үйэлэргэ

Олоҥхо үөскээбит

7

Хонук толороллор

уһун кээмэйдээх олоҥхолору 

10-15

тыһыынча устуруокалаах

орто кээмэйдээх олоҥхо

10

араас омук тылынан

олоҥхобут тылбаастаммыт

Кинигэлэр

Cookie-файлы
Настройка cookie-файлов
Детальная информация о целях обработки данных и поставщиках, которые мы используем на наших сайтах
Аналитические Cookie-файлы Отключить все
Технические Cookie-файлы
Другие Cookie-файлы
Мы используем файлы Cookie для улучшения работы, персонализации и повышения удобства пользования нашим сайтом. Продолжая посещать сайт, вы соглашаетесь на использование нами файлов Cookie. Подробнее о нашей политике в отношении Cookie.
Настроить Принять все
Cookies